Кыра-кыралаан үөрэтиэм👌 Аҕа-ууһа тоҕус хаан устата ааҕыллар. Уруу-аймах 9 хаан устата тарҕанар. Аҕа, (старший) - эйигин төрөппүт эр киһи. Ийэ, (ия) - эйигин төрөппүт дьахтар. Эһэ - ийэҥ-аҕаҥ аҕалара. Эбэ - ийэҥ-аҕаҥ ийэлэрэ. Хос эһэ - эһэҥ-эбэҥ аҕалара. Хос эбэ - эһэҥ-эбэҥ ийэлэрэ. Түгэх эһэ - хос эһэҥ, хос эбэҥ аҕалара. Түгэх эбэ - хос эһэҥ, хос эбэҥ аҕалара. Биэс тарбах ахсаана түгэх эһэннэн бүтэр. Атын илииҥ тарбаҕар көһөҕүн. Алтыс хаан эһэҕиттэн саҕалаан бары эйиэхэ Өбүгэ дьон диэн буолаллар. Өбүгэ эһэ, атыттар өбүгэ-дьон диэн. Абаҕа - аҕаҕыттан аҕа саастаах уруу киһи эр киһи барыта. Убай - аҕаҕыттан балыс, эйигиттэн аҕа саастаах уруу эр киһи барыта. Таай - ийэҕинэн аймах эр киһи барыта. Быраат - эйигиттэн балыс уруу эр киһи барыта. Ини - эйигиттэн балыс бииргэ төрөөбүт уол оҕо. Бии - эйигиттэн аҕа, бииргэ төрөөбүт уол оҕо. Эдьиий - эйигиттэн аҕа саастаах уруу-аймах дьахтар барыта. Балты - эйигиттэн балыс саастаах уруу-аймах дьахтар барыта. Аҕас - бииргэ төрөөбүт кыргыттартан аҕалара. Балыс - бииргэ төрөөбүт кыргыттартан сааһынан кырата. Сурдьу - бииргэ төрөөбүт кыыс быраатын ааттыыр. Сиэн - оҕоҥ оҕото. Хос-сиэн - сиэниҥ оҕото. Сиэн-ини - бииргэ төрөөбүт убайыҥ-быраатыҥ, эдьиийиҥ балтыҥ оҕолоро. Сиэн-балты - бииргэ төрөөбүттэриҥ кыыс оҕолоро. Сиэнчэр - сиэннэргинэн урууларыҥ. Хаан булкуһан ырааппыт дьон. Соноҕос, (сын, son, сыного) - төрөппүт уол оҕоҥ. Удьуоруҥ уолунан сонуур. Аҕатын туйаҕын хатарар, сонун кэтэр. Соноо-оҕо-ос. Үс тыл. Оҕоннон соноо, уонна оһорун диэн таҥара ыйааҕа. Уол - кыыс - төрөппүт оҕолоруҥ, биитэр уопсайынан оҕо аата. Сыдьаан уруу - түгэх эһэҕиттэн анараа өттүнээҕи урууҥ барыта. Сыҕаан уруу - сүктэн кэлбит кийиит-күтүөт уруулара. Күтүөт - кыыс эрэ. Кийиит - уол ойоҕо. Уолтан аҕа саастаах дьоҥҥо. Саҥас - уол ойоҕо, уолтан балыс саастаахтарга. Түҥүр - уоллаах-кыыс холбоһон ыал буолбут оҕолор аҕалара. Ходоҕой - холбоспут уоллаах-кыыс ийэлэрэ. Биллэх - биир ыал кыргыттарын ылбыт күтүөттэр. Бэргэн - улахан уол ойоҕо. Бадьа - кыра уол ойоҕо. Кыҥаттар - холбоспут уоллаах-кыыс уруулара кыҥаттыы буолаллар. Күрэ-быраат - кийиит-күтүөт бырааттара. Күрэ-балыс - кийиит-күтүөт балтылара. Эдьиий-кылын - кийиит эдьиийдэрэ күтүөккэ. Убай-кылын - күтүөккэ ойоҕун убайа. Аҕас-кылын - кийииккэ эрин эдьиийдэрэ. Убай-кылын - кийииккэ эрин убайдара. Хотун - кийииккэ эрин ийэтэ. Тойон - кийииккэ эрин аҕата. Сыбаат уруу - күтүөтүнэн сыбанан уруурҕаһыы. Сыҕаан уруу - кийиитинэн сыҕайан чугасаһар уруу. Сыдьаан уруу - биэс хаан кэнниттэн тоҕус хааҥҥа диэри уруу. Уруу - хаанынан чугас уруу аҕаҥ өттүнэн. Эһэлэриҥ бииргэ төрөөбүттэригэр диэри. Алта хаан иһинэн. Сэттис хаан уруурҕа-һыыта бүтэр. Эр-ойох ылсыы биир аҕа ууһун иһигэр барыан сөп. Аймах - элбэх дьахтар хааны суурайан хаан быралыйан эрэр кэмин аата. Ийэҥ өттүнэн аймахтарыҥ.